1)
Иҥҥибэр тураҥҥын
Билэҕин таптыырбын
Иһиллэр куоласкар
Хайаҕын санааҕын
Элэйбит сүрэххин
Уоскута сатаан
Ардыгар аһына
Ааспыта саныыгын
Амтанын уостаргар
Холкутук барыыгын
Кулгааҕын иһигэр
Соҕотох тырымныыр
Хос ырыа:
Харыстаа тулаҕар
Туһайар дьолгун
Хаары кытары
Улларды сыһыаҥҥын
Хайыта тутума
Истиҥ тыллаах суолгун
Харыстаа хатыламмат тапталгын
2)
Төттөрү бэриммэт
Дьылҕалыын этиһэн
Өҥнөөҕүн бириэмэ
Алдьанар кэмигэр
Албынын дьатыттан
Кыайан тыыммаккын
Сууйаҕын суолларгын
Судургу хонууга
Туһата суоҕуттан
Хомойон ытыыргар
Ый уота көстөр
Хараҕын уутугар